Интернат олохтоохторо бары даҕаны Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр төрөөбүт — үөскээбит, үөрэхтэммит, үлэлээбит — хамсаабыт дьон буолан Улуу Өктөөп бырааһынньыгын туохтааҕар да ордороллор, хайаан да бэлиэтииллэр. Былаан быһыытынан бүгүн, сэтинньи 7 күнүгэр, «Ахтан, санаан ылыа5ыҥ» анабыл кэнсиэр санаа хоту ааста. Аҕам саастаах дьоннорбут ааспыт үйэ биллэр ырыаларын ыллаатылар, хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Урут Өктөөп бырааһынньыгын хайдах бэлиэтииллэрин туһунан санастылар.
Түмүккэ олус таптаан ыллыыр ырыаларын хорунан ыллаан ньиргиттилэр. «Сүүрбэһис үйэ сүүс ырыата» хомуурунньукка киирбит
«Былааһы Сэбиэккэ», «Аан дойду ыччата», «Комсомол билиэтэ», «Песня о тревожной молодости», онтон да атын ырыалар фойе иһин толорон, хас биирдиилэрин долгутан, сүрэхтэригэр Улуу Өктөөп сырдык өйдөбүлэ сүппэттии иҥэн сылдьарын туоһулаата. Туругурдун эдэр саас, умнуллубатын Улуу Өктөөп сахпыт кыымнара!14изменено 17:12