Ийэ тыл уонна сурук
Опубликовано: 15.02.2023
Олунньу ый 10 күнүгэр В. А.Петрова аатынан Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт дьиэлэригэр 2-с этээскэ улахан Аактабай саалатыгар Ийэ тыл уонна сурук — бичик нэдиэлэтин аһыллыыта бэрт ураты, сэргэх долгутуулаах быһыыга-майгыга буолан ааста. Маныаха аҕам саастаахтар өттүлэриттэн, бэрт истиҥ иэйиилээх ийэ тылынан хоһооннор ааҕылыннылар, уу сахалыы норуот ырыалара ылланнылар. Тэрээһин ураты үөрүүлээх уонна истиҥ иэйиилээх чааһыгар, интэринээт көхтөөх кыттааччылара Туйаара Саввинова, Василий Федоров уус-уран хоһуйууларынан оһуохайынан түмүктэннэ.
Онтон олунньу 13 күнүгэр Төрөөбүт төрүт тыл уонна сахалыы сурук-бичик официальнай күнүгэр туох баар киһини барытын хабар сыалтан радиоузелынан буолбут ийэ тыл нэдиэлэтин аһыллыытыгар буолан ааспы саха тылын сайдыытыгар утумнаахтык үлэлэспит уонна турууласпыт биһиги саарыннарбыт туһунан биэрии эмиэ буолан ааста. Ол курдук, радиоузелынан ийэ тылга сыһыаннаах уус-уран ааҕыылар уонна төрөөбүт төрүт тылынан ыллам ырыалар ылланнылар.
Олунньу 14 күнүгэр 1 этээскэ маломобильнай категорияҕа киирсэр олохтоохторго аналлаах “Ийэ тылынан таптал-махтал ырыалара” диэн сыаллаах-соруктаах интэринээт көхтөөх олохтоохторун күүһүнэн бэрт сэргэх кэнсиэр буолан ааста. Тэрээһини иилээн саҕалаан ыыттылар Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Никифорова Светлана Герасимовна уонна интэринээт дьиэ иһинэн культураҕа тэрийээччи Седалищев Григорий Иванович.